Оhуохай歌词由Саргылана Карпова ИМАНА演唱,出自专辑《Оhуохай》,下面是《Оhуохай》完整版歌词!
Оhуохай歌词完整版
Санаабыттан айыллар тыллары
Эһиэхэ ыллаан тиэрдээри
Бүгүн кэллим түһүлгэ
Маанылааҕын буламмын
Айылҕалыын алтыһар буоламмын
Айыыларым алгыһын
Сүрэхтэрбэр - быардарбар
Иҥэринэн сылдьабын
Өбүгэм алааһын
Сырдык тыынын ыламмын
Салгын устун сатарыыр
Оһуохайга киирэммин
Сахабыт былааҕын
Үөһээ - өрө уунаммын
Дойдум дьонун мунньаммын
Ыллаатаҕым буолуохтун!
Сахам сирин кэрэ
Үтүөтүттэн ылан
Сылы супту сылдьар
Күүстэ - уохта эбин
Самаан сайын өрө сатыылаан
Сайаҕастык саймаарыйан
Сахам сирин бу үрдүнэн
Сатараата, аймаата
Өбүгэм алааһын
Сырдык тыынын ыламмын
Салгын устун сатарыыр
Оһуохайга киирэммин
Сахабыт былааҕын
Үөһээ - өрө уунаммын
Дойдум дьонун мунньаммын
Ыллаатаҕым буолуохтун
Өбүгэм алааһын
Сырдык тыынын ыламмын
Салгын устун сатарыыр
Оһуохайга киирэммин
Сахабыт былааҕын
Үөһээ - өрө уунаммын
Дойдум дьонун мунньаммын
Ыллаатаҕым буолуохтун